Биир үтүө саас Лөкөчөөн Күүлэлээҕэр куска бултуу сытабыт. Эбэ быйыл ырбыыламмакка ортотунан сайан, кус күөл ортотугар түһэр. Киэһэ, сарсыарда кус көтөр кэмигэр кыралаан ытабыт. Сандал саас кэлэн, айылҕа уһуктан, киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллүөх курдук. Ханна эрэ от быыһыгар күөх төбөлөөх атыыр көҕөн тыһытыгар бэрдимсийэн кэһиэҕирбит суон куолаһынан маатырҕыыр, чыркымай үөһэнэн эрийэ-буруйа көтөн иһэн чурустуур, сиэдэрэй өҥнөөх мороду бокуойа суох, кимтэн эрэ өрүһүспүттүү, мин аҕайбын диэн уруттуур. Эбэни эргийэ көтөн, моонньоҕоннор дөрүн-дөрүн саҥарсаллар, сотору-сотору хаастар айманан ааһаллар, хара тыаҕа куртуйах үөрүн мунньан охсон кулдьугуруур, ханна эрэ хабдьы бэбээрэр.
Ити барыта, түүнү быһа төһө да тары сиэбит ыт курдук тоҥон бабыгырыы олордоххо, кэрэ иэйии буолан сүрэххэ-быарга сылаанньыйа киирэр. Сааскы айылҕа кэрэ дьүһүйүүтүн истэ олордоххо түүн биллибэккэ ааһар, онно эбии сотору-сотору чыркымайдар обургулар сирэйгин быһа охсо сыһан ааһаллар, ону сыыһа-халты ытан хаалаҕын. Итинник түүнүн кус тоһуйабыт, күнүһүн сири-уоту көрө таарыйа уу кэрийэбит. Баай Байанай кыралаан бэрсэр.
Сороҕор ыалларбыт билсэ кэлээччилэр. Биирдэ, эбиэт саҕана, ыалбыт Куочукка кэллэ. Үгэс быһыытынан чэйдии-чэйдии булт-алт туһунан кэпсэттибит. Ол олорон манныгы сэһэргээтэ:
«Биһиги урут, сопхуос саҕана, күһүн Баппаҕаайы уонна Күҥкүс үрэхтэр холбоһор сирдэригэр Самахха оттообуппут. Ол оттуу сылдьан, харабыт бүтэн, миигин матасыыкылынан бултата ыыттылар. Тыа саҕатыгар тохтоон тэйиччи баар элгээҥҥэ, баҕар туох эмэ суол-иис баара буолуо диэн, көрө бардым. Тоҥ күөс быстыҥа хаампытым кэннэ, арай иннибэр икки таба иһэр. Мин суон бэс кэннигэр саһан хааллым. Кыылларым аа-дьуо чугаһаан баран, сыппын ылан таныыларын тардырҕата-тардырҕата, тула көрөн, сиэгиргээн, олооруҥнаатылар.
Икки уостаах доруоп саабын аргыый ылан, биир улаханын саам сыалыгар киллэрэн баран, чыыбыспын сыыйа тартым. Онуоха саам уот биэрбэккэ чап гына түстэ. Кыылларым сэргэхтэрэ сүрдээх, ойон хааллылар. Иккис уоспунан ыттым да хантан табыахпыный, суох буоллаҕа. Ол туран «бу биир уостаах саанан ханна баран тугу бултаары, адьырҕа суола элбэх, аны киһини былдьыаҕа» дии санаатым, онон өтөхпүн быстым. Борук-сорук буолуута тимир көлөбөр кэллим.
Ыллык устун баран иһэн көрбүтүм: матасыыкылым аттыгар, ыллык кытыытыгар, сыгынах көстөр. «Эс, манна мааҕын күнүс сыгынах суоҕа» дии санаатым. Онтон өйдөөн көрөөт, тыыным кылгаан, тиритэн-хорутан бардым. Хара тыа муҥур тойоно – тыатааҕы, төбөтүн ньылатан, бэйэтэ накыйан, миэхэ саба түһэргэ бэлэм сытар эбит. Санаабар аралдьыйан, көрбөккө, ыкса чугаһаан хаалбыппын. Түөрт сүнньүөх хаалбытын сиэппиттэн хостоон ылан тарбахтарым быыһыгар – ыыраахтарбар кыбыттым. Бэйэм да өйдөөбөккө, биир харыстаах саха быһаҕын тииспэр ытырдым. Эмиэ тоҕо ытырбытым буолла, быһаҕым кыыныгар даҕаны сылдьыан сөбө. Ыксаан, өйүм бааллан, ханнык эрэ быһылааннаах киинэни көрбүппүн үтүгүннэҕим буолуо. Мин диэки кыараҕас сытыы уоттаах хараҕынан кырыктаахтык көрө-көрө аһыыларын килэтэн, суос бэринэн, көхсүн түгэҕэр кигинэйэн ырдьыгынаата. Ол туран адьырҕа миигин ыҥырар дуу, үүрэр дуу курдук, илин атаҕынан салгыны тарыйда. Аар тайҕа улуу дьаалытын кытта киирсэр санаам суох. Эргийэн тумнан бараары санаммыппар кыылым туран кэллэ, часкыйа түһэн баран, аарыма бэһи маҕан субата кылбайыар диэри ньылбы оҕуста.
Миигин кытта күөн былдьаһаары, ааппын ааттаан оҥостон кэлэн, матасыыкылым аттыгар тоһуйа сыппытын, дьэ онно биирдэ өйдөөтүм. Бэйэ бодобун тардынан, эр хааммын ылынан киирсэргэ бэлэм турдум, кыылым суос бэринэн часкыйа түһээт, утары ыстанна. Уолугун үүтүн көрөөт, саабын төлө тардан кэбистим. Кур ботуруон түбэстэ быһыылаах, сүнньүөҕүм тыатааҕы атаҕын анныгар бурҕас гынна, адьырҕа соһуйан куһаҕан аҕайдык саҥа аллайаат, хааһаҕы бырахпыттыы тиэрэ хойуостан, төттөрү сүүрдэ. Онтон өй ылан, уолуйбута ааһан, эргиллэ түстэ да, уун-утары ыстанна. Сарсыҥҥы аламай күнү иккиттэн биирбит көрбөт дьылҕаланна. Булчут өбүгэм хаана тардан, муус холкубар түстүм. Аҥаар атахпар тобуктаан олорон бу утары ойон иһэр хара тыа адьырҕатын көмөгөйүн кыҥаан баран чыыбыспын сыыйа тартым. Саам өс киирбэх, хата эһиннэ. Сүнньүөҕүм тиийэн пүл гына түспүтүн иһиттим, кыылым ньахчас гынна. Тэйиччи ойон тиийэн, кыаҕын былдьатан, ыраас сиргэ сытынан кэбистэ. Ол сытан улам уостан, ньалбыйдар ньалбыйан, хаптайан хаалла, сири кытта сир буолла. Арай төбөтө эрэ биллэр биллибэттик көстөр. Ону көрөн тыатааҕы сатаан саһарын итэҕэйдим. Саабын бэлэм тутан, кыылбын эргийэн матасыыкылбар тиийдим. Отууга тиийэн туохха түбэспиппин кэпсээтим, дьонум һуу-һаа буоллулар. Сарсыныгар убайдарбынаан саа-сэп бэлэмнэнэн тахсыбыппыт: хара тыа амырыын адьырҕата сыппыт сиригэр уһуктубат унньуктаах уһун уутун утуйа сытара. Туох буолан миэхэ таала кырыыланан бэйэтин былдьаппыта буолла.
Ол саас Күүлэлээх Эбэҕэ олус үчүгэйдик дуоһуйа бултаан турабыт».
Ааспыт үйэ бүтүүтэ дойдубуттан Дьокуускай куоракка көһөн киирбитим. Бэргэһэни хабахха хаайбаккын дииллэринии, кыдьыгым батарбакка, куорат таһыгар оптуобуһунан сылдьан кыһынын туһахтыыбын. Атаһым Бүөтүр сүбэтинэн кэлин, көҥүл атыылаһан, түүлээхтиир буоллум.
Былыр-былыргыттан сахаҕа түүлээхтиир дьону өрө туталлара. Ыраахтааҕы суолун – түһээни түүлээҕинэн төлүүллэрэ. Киһи барыта күндү түүлээҕи эккирэтиспэт. Кырдьык, киһи эрэ барыта санаммат, элбэх сыраны-сылбаны, мындыры ылар булт көрүҥэ буолар. Тоҥ мутук тосту тоҥор тымныытыгар, тобуккар диэри тоҥуу хаары кэһэн саһылы, кииһи эккирэтиһии сыанан-арыынан аҕаабат. Бу дьиҥнээх эр киһи идэтэ, олус күүстээх абылаҥнаах эбит, өйгүн-санааҕын көстүбэт ситиминэн бүүс-бүтүннүү бэйэтигэр хам баайар. Төһө даҕаны киэһэ кыайан саҥарбат буола сылайан, сииккэ-сиэлэн, хаарга-хааман эстэн-быстан кэлэн утуйан баран, сарсыарда эрдэ уһуктаат ойон туран «баҕар Баай барыылаах Байанай бүгүн мичик гынаарай» дии санаан, син биир хара тыаҕа тахса тураҕын.
Үгүс киһи кыһыҥҥы айылҕа кэрэтин, тыа чэбдик салгынын, көҥүл-босхо сылдьары билбэт. Бу орто дойдуга туох барыта көҥүлгэ тардыһар. Сирдээҕи көҥүл диэн тугун дьиҥнээх булчут эрэ билэр.
Дьиҥинэн, түүлээх тириитин сыаната сыраны-сылбаны боруостаабатын да иһин, булт абылаҥар билиэн барбыт киһи сиэринэн, күн аайы тоҥору-хатары аахсыбакка бараҕын. Улуу тириэньэр Бөтүрүөбүс тустуу абылаҥар уһуйбутун курдук, булт абылаҥар аҕам уһуйан, күн аайы сибиэһэй салгыны түөспэр толору эҕирийэн, тоҥуу хаары кэһэн, туос сатыы тоһуурдарбын көрөбүн.
Мин саха киһитин сиэринэн түүлү-бити итэҕэйэбин. Оҕо эрдэхпиттэн бары булчуттар курдук, түүлбэр бултуубун. Дьэ түүл диэн дьикти, киһи өйүгэр баппат.
Атын эйгэ баарын улуу эмчити Гурий Уйбаанабыһы кытта чугастык билсэн баран итэҕэйбитим. Кини Хатас арыытыгар сүтэрбит саһылбын Бээрийэҕэ олорон хапкааны соһон хайдах айаннаабытын, ханна баарын этэн биэрбитэ. Былырыын матасыыкылынан Болтоҥоттон Бээрийэҕэ айанныы сатаабыппын икки ый буолан баран бэйэбэр кэпсээбитэ.
«Ити Танда баһыгар киириигэ суол хаҥас өттүгэр маҥан туох турарый?» – диэн соһуппута.
Икки ый анараа өттүгэр буспут хап-хара моонньоҕону үргээри тохтообут массыынаны хайдах көрдө? Ол массыына 4—5 чааһынан бардаҕа дии. Бороҕон оҕонньорун көрүүлэрэ киһини салыннараллар, соһуталлар-өмүрдэллэр.
Эдэрбэр сир-дойду иччитэ баарын хаста да биллэрэн турар, ону эдэр, дохсун буолан аахайбатах эбиппин. Дьиҥинэн сэрэтэ, үөрэтэ-такайа сылдьаллар, ону биһиги куойабытыгар-маҥкыбытыгар оҕустаран аанньа аахайбаппыт. Дьэ буолар буолтун кэннэ биирдэ «бабат» диибит.
Биирдэ кыһын, киэһэ утуйаары ороммор сыттахпына, хапкаан тыаһа илэ-чахчы тас гынна. Саһыл хапкааммар иҥнибитин сэрэйдим, ол эрээри ханныгын билбэппин. Ол кэмҥэ хапкааным алта сиргэ баар этэ, онон барыахтаах сирбэр бардым. Дьиҥинэн ырытан, толкуйдаан баран барыах баар эбит. Онтукам мыраан үрдүгэр бааһына кытыытыгар ииппит хапкааммар иҥнибит. Суолга тахсан биэрбитин «булчуттар» илдьэ барбыттар.
Итинник дьону киһи булчуттар диир кыаҕа суох. Туртастыы, мас көтөрдүү сылдьан баран дьонугар саһылы хапкааҥҥа бултаабыттарын хайдах быһаарбыттара буолла. Хара тыа иччитэ түүлээх уллуҥахтар саһылгын уоруохтара, онон сэрэн диэтэҕэ. Ону өйдөөбөт киһи буоллаҕым. Уоран иннилэрин сарбынар, олохторун огдолутар дьону аһына саныыбын, кинилэргэ кыыһырбаппын. Хомойорум диэн, Байанай миэхэ анаабытын уордаран булдум ханынна. Онон кинилэр буруйдарын содулугар мин эрэйдэнним. Дьиҥинэн мин туох буруйдаах буолуохпунуй. Биир ыйы быһа сииккэ сиэллим, хаарга хаамтым. Хата Байанай биир эрэ ыйга ыстарааптаата. Хайдах оруобуна биир ыйга ыстарааптыыра буолла? Саһылбын хаһан сүтэрбиппин ким көрөн олороруй? Киһи эт өйүнэн быһаарбат суола. Биир ый мэлийэн баран дьэ бултуйар буолбутум. Кырдьаҕас булчуттар улахан буруйга-сэмэҕэ үс сылга диэри ыстарааптыыр дииллэр. Дьэ дьикти. Сиргэ-уокка бэйэ бодотун тардынан, иннигин-кэннигин кэтэнэн, сиэри-туому тутуһан, Баай Байанайтан көрдөһөн сылдьыллыахтаах.
Сиэри-туому тутуспатахха, олус элбэх дэҥ-оһол тахсар. Ол иһин эдэр дьоҥҥо сэрэтэн этэбин.
Биирдэ Бүөтүр этэн турар: «Саһыл – олус өйдөөх, киитэрэй кыыл. Бултуургар кинитээҕэр мындыр буолуохтааххын. Аны бултатар киһитигэр бултатар, булчут эрэ барыта ылбат. Саһылы бултуур – өркөн өй былдьаһыыта. Элбэхтэ сыраластаххына, тоҥноххуна-хаттаххына эрэ бултуоҥ. Маҥнайгы саһылы ылыы син биир маҥнайгы тустуу маастарын охторуу кэриэтэ. Кэлин, сатабылыҥ улааттаҕына, куккунан-сүргүнэн баттаан, тустууга курдук күүстээх маастар буоллаххына, эдэр саһылы Байанай биэрдэҕинэ хото ылыаҥ».
Итини Бүөтүр сөпкө эппит дии саныыбын. Биир күһүн арыыга икки хапкааны уураат, эр-биир икки саһылы ылбытым. Эһиилигэр ол арыыга күөспүн эрдэттэн өрүнэн баран, өр ылбакка эрэйдэммитим. Онон туох эрэ көстүбэт күүс баар.
Бултууруҥ бэйэҥ бэрдиҥ буолбатах, Байанай быһаарар эбит. Төһөнөн түүлээх булдугар убанан истэҕим аайы өйдөөбөтүм үксээн тахсар. Түүлээх булда туһунан бөлүһүөктээх, куттаах-сүрдээх. Ону ырыҥалаан сурукка тиспит киһи…
Мин биирдэ үгэспинэн куорат оптуобуһунан айаннаан тиийэн, саһылга биэс чааркааны ииттим. Уонча хонон баран тоһуурдарбын көрө барар буоллум. Хайаан даҕаны биир эмэ иҥнибитэ буолуо диэн атаспын Уйбааны массыынанан илдьэригэр көрдөстүм. Атаһым нэдиэлэҕэ биирдэ ыраах бултуурбар барсар, эмиэ туһунан куттаах-сүрдээх, түүллээх-биттээх киһи.
Күнү быһа хаамар сирбэр улахан омук массыынатынан начаас сирилэтэн тиийдибит. Маҥнайгы чааркаан таһыгар тохтоотубут. Тоҥуу хаары кэһэн иккиэн суксуруһан, үрэх үрдүгэр тиийдибит. Үрэҕи өҥөйөн туран атаспыттан ыйытабын: «Уйбаан, тугу көрөҕүн?»
Киһим хардарар: «Саһыл үрэххэ ойон киирэн икки илин атаҕыттан хапкааҥҥа иҥнэн сытар».
Мин саҥарбаппын. Бултаабыт аҕай киһи буолан иҥиэттэн эрэ кэбистим.
Тохтуу түһэн баран соһуйбут куолаһынан эттэ: «Чааркааҥҥа иҥнибит саһыл таһынан иккис саһыл чааркааны соһон ааспыт». Уйбаан чэҥкээйититтэн талахха иҥнибит иккис саһылы тыыннаах олорорун булан аҕалла.
Үһүс чааркааҥҥа киирэн иһэн: «Былырыын үрэх иһигэр ииппит чааркааммар саһыл иҥнэн баран бу манан ааспыта», – диэт, инним диэки хаары ыйан көрдөрдүм.
Уйбаан мин ыйбыт сирбин көрөн баран хаһыытыы түстэ: «Быйыл эмиэ чааркаан соһуулаах саһыл ааспыт».
Дьэ ол улахан саһылы сырабыт-сылбабыт баранан, күнү быһа эккирэппиппит. Уйбаан атаҕар кыанар киһи буолан сиппитэ. Ол сыл иккитэ иккилии саһылы тэҥҥэ сүгэн дьиэбэр кэлбитим.
Дьэ оннук, Баай барыылаах Байанай биэрдэҕинэ, киһи сымыйалаан эппитин курдук биэрэр. Дьиҥинэн итини суруйуо суохтаахпын суруйдум. Улахан булчуттар бултаабыккын кэпсиэхтээххин, Байанай үөрүнньэҥ дииллэр. Онон кыратык быктаран, биир күн өлгөмнүк бултаабыппын суруйдум, күн аайы итинник бултаабаккын. Үксүгэр сииккэ сиэлэҕин, хаарга хаамаҕын.
Бултаатарбын эрэ Бүлүү Лөкөчөөнүгэр олорор улуу булчукка, аарыма кырдьаҕаска Дьэпсиэйэп Сэмэҥҥэ эрийэн, кэпсээн үөрдэбин. Оҕонньоттор булт туһунан олус сэргииллэр, эдэр-сэнэх кэрэ кэмнэрин, сылдьыбыт сырыыларын санаан эрдэхтэрэ. Саһылы кыайан ылбатахха оҕонньоттор сүбэлииллэр, алгыыллар. Дэлэҕэ даҕаны этиэхтэрэ дуо «кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эрчимин ыл» диэн.
Өлгөмнүк бултаабыт сылбар түүйдэ диэн куттаммытым, онно Бороҕон оҕонньор эппитэ: «Дьөгүөр, эн сиэри-туому тутуһан булка өр сыраластыҥ, онон түүйдэ диэн куттаныма. Ити эн Байанайга, тыа иччитигэр бэйэ киһитэ буолбутуҥ бэлиэтэ».
Син биир урукку чааркааннарбын, дэйбиирбин, мас лаппаакыбын, атаҕым таҥаһын, үтүлүкпүн илдьэ сылдьабын. Чааркааммын уруккум курдук ииттэрбин да, тоҕо эрэ ала-чуо ол сыл өлгөмнүк бултаабытым буолла. Баҕар, кырдьык, улуу киһи эппитин курдук «бу киһи элбэх сыратын-сылбатын биэрдэ» диэн кыратык дук гыналлара дуу?
Биирдэ Сэмэн кырдьаҕас этэн турар: «Дьөгүөр, аар тайҕа баһын тайанан, сылдьыбыт сирдэрбинэн бултаабытыҥ буоллар улаханнык бултуйуох эбиккин, ону куоракка хаайтаран сытаҕын».
Миэхэ бу улахан сыанабыл буолбута.
Кэлин буойуу-хааччах элбээн, киһи бултуох санаата кэлбэт буолла.
Тустууга эмиэ элбэх сыл утумнаахтык дьарыктаннахха кыайаҕын. Мин улуу тириэньэргэ Бөтүрүөбүскэ уон биэс сааспыттан саҕалаан биэс уон сааспар диэри эрчиллибитим. Сааһыран баран араас күрэхтэһиигэ кыттыбытым. Ол кэмҥэ туста сылдьар Саха сирин сэттэ муҥутуур кыайыылаахтарын охторбутум. Итини хайдах өйдүөххэ сөбүй, саастаах киһи эдэр, күөгэйэр күннэригэр сылдьар уолаттары охторорун? Бу киһи тустууга олус элбэх көлөһүнүн тохто диэн, эмиэ үөһээттэн көмөлөстөхтөрө. Онон сырам-сылбам сыаналаммыта, хапсаҕайга уонна көҥүл тустууга аатым ааттаммыта.
Биирдэ күрэхтэһиигэ, маҥнайгы түһүмэх кэннэ сынньана турдахпына, Бөтүрүөбүс эппитэ: «Үлэлээ, үлэлээ, туох барыта үлэттэн тахсар». Ити этиитин маҥнай соччо ахсарбатаҕым, хайдах тустан хоторбун этиэ дии санаабытым.
Кэнники, сааһыран баран өйдөөтөххө, кырдьык, туох барыта үлэттэн тахсар эбит. Улуу киһи ити эппитэ сырдык сулус буолан сыдьаайан, ситиһиигэ сирдиир.
Манан сирдэтэн эдэр дьоҥҥо этиэм этэ: сиэри-туому тутуһан бултааҥ-алтааҥ, үлэлээҥ-хамсааҥ, чөл олоҕу тутуһан уһуннук, дьаныардаахтык дьарыктаныҥ, күрэхтэһиҥ. Хаһан эрэ эһиги көлөһөҥҥүт тиллиэ, ааккыт ааттаныа, норуоккутугар туох эмэ туһалааҕы оҥоруоххут.
Ноху үрэх диэн Алдаҥҥа түһэр Нуотара үрэх салаата баар. Ол үрэх эҥээр булчутугар – Чиккэ Уйбааҥҥа бииргэ бултуур доҕотторо соҕурууттан ыт оҕотун аҕалбыттар. Ыттарын оҕото түөрт харахтаах, эриэн дьүһүннээх, бэйэтин сааһыгар улахан уҥуохтаах-арҕастаах бэртээхэй нуучча боруодата ыт эбит. Ону ардай аһыылаах адьырҕаттан куттаммакка, тэҥҥэ туруулаһарын туһугар Хабараан диэн ааттаабыттар. Кырдьаҕас булчуттар тутан-хабан баран, атаҕар кыанар буолсу диэн билгэлээбиттэр.
Күһүн буолбутугар тыаҕа тайахха хаама тахсыбыттар. Чиккэ Уйбаан ыта буолан, Хабараан сүрдээх мааны үһү. Ол күһүн булт бөҕөнү бултаабыттар даҕаны, мааны ыттара бултаспатах. Ыттар тайаҕы үрэн тохтоттохторуна, тугу үрэллэрий диэн көрөн турара үһү. Бука, тайаҕы ынахха маарыннатара буолуо. Булчуттар дьиктиргииллэр эбит. Чугаһаан көрдөхтөрүнэ, ыттар үрэ сылдьар тайахтарыттан Хабараан чугас олорор уонна уонна үрсүбэт үһү.
Уйбаан сааһыран кулгааҕынан мөлтөхтүк истэр буолбут, онон тайахха биирдэ эмэ барсар идэлэммит. Сарсыарда аайы ханан хайдах сылдьыахтаахтарын быһаарар уонна астарын астаан абырыыр эбит.
Алтынньы саҕаланан, сир үрдэ, күөл мууһа добдугураччы тоҥмут. Хаар кыыдамнаабыт. Биир үтүө күн арҕахха түбэспиттэр. Хабараан бу сырыыга, тыатааҕыны ынахха майгыннаппакка буолуо, үрүү бөҕөнү үрбүт, бултуйбуттар. Ол күн Уйбаан тыаҕа барсыбыт. Киэһэ малааһыннаабыттар, оҕонньордоро үөрүү бөҕөтүн үөрбүт, ытым булчут буолла диэн улаханнык астыммыт.
Дьэ эһиилигэр ыттарын илдьэ тахсыбыттар. Бу сырыыга Хабараан букатын атын майгыламмыт: тайаҕы көрдүүр, буллаҕына урутаан туруоран үрэр, хаайан тохтотор. Ол күһүн Баай Байанайдара өлгөмнүк бэрсибит. Нуотара Эбэ хотун устун үүтээнтэн үүтээҥҥэ Чиккэ Уйбаан үчүгэй ыттаммытын туһунан сурах-садьык тарҕанар. Алаас-алаас аайы, атыыр оҕустуу айаатаата диэбиккэ дылы, үүтээн аайы булчуттар уостарыттан Хабараан диэн аат түспэт буолар.
Ол саҕана биһиги аҕабыт ытын булка үөрэттэрээри, уонна аатырдар Хабарааннарын көрөөрү, атаһыныын Бөтүрүөп Бүөтүрдүүн Ноху үрэххэ Чиккэ Уйбааҥҥа бултуу тахсыбыттар. Болтоҥоттон быһа түһэн Мырылаҕа матасыыкылынан тиийбиттэр. Хата ат булан, малларын онно ындыылаан, Ноху диэки сатыы түһүммүттэр. Хас да хонук айаннаан Чиккэ үүтээнигэр чугаһаабыттарын кэннэ, арай биир түөрт харахтаах маҥан эриэн улахан ыт утары кэлэн, үүтээҥҥэ батыһыннаран аҕалбыт.
Киэһэ үөрэ-көтө аһыы олорбуттар. Ол олордохторуна оҕонньор: «Дьөгүөр, эн урут бултуур этиҥ дуо? Мин ытым мээнэ киһини утары тиийэн арыаллаабат», – диэн ыйыппыт.
Ону аҕабыт билбэт сиригэр, улахан үрэххэ, кэллэ-кэлээт бэйэбин кэпсэнэ олордохпунуй дии санаан: «Ээ, дьону батыһан, тайахха биирдэ эмэ сылдьар этим», – диэбит.
Кулуһун уота сөҕүрүйэн эрдэҕинэ Хабараан уот кытыытыгар көхсүнэн сытынан кэбиспит. Онно Уйбаан икки саҥа кэлбит киһиттэн хайаларын кэргэнэ ыарытыйарын ыйыппыт. Дьэ итинник, тиийээттэрин кытта Хабараан дьикти ыт буоларын көрдөрбүт.
Үрэххэ булчут да, ыт да элбэх буолар. Сарсыарда хас да бөлөххө хайдан, хас да хайысханан хаама бараллар. Сорохторо оҕонньор ыйбыт сиригэр күөлгэ тиийэн тоһуйаллар эбит. Тайах, ыттан мүччү туттардаҕына, ууга түһэн куотар идэлээх.
Төһө даҕаны мэлдьэстэр, оҕонньор булчут киһи кэлбитин туттарыттан-хаптарыттан сэрэйэн, хаама барарыгар ытын Хабарааны биэрэн ыытар. Биир үтүө күн бултуу баран истэхтэринэ, ыттара мэлис гынан хаалар.
Ол күн булка сылдьа илик оскуоланы саҥа бүтэрбит хараҕынан мөлтөх уол Чиккэ ыйбыт күөлүгэр тоһуйа олорбут. Уол күөл халдьаайы өттүгэр оҕонньор ыйбыт тиитин анныгар тохтообут эбит. Күн ортото ааһыыта Хабараан куулаттан кэлбит уонна икки илин атаҕынан охтубут маска ууран, тирэнэн, халдьаайыны одуулаабыт. Сыл аайы бултуур буолан, тоһуурга ханан олоруохтаахтарын билэн эрдэҕэ.
Уол хамсаабытын көрөн, Хабараан сүүрэн кэлбит. Үөрэн уол сирэйин салаабыт уонна барыахха диирдии, сонун тэллэҕиттэн тардыбыт. Уол ыты батыспыт. Ыта күөлгэ чугаһаат, үрэн тоҕо барбыт. Арай сүүрэн тиийэн көрбүтэ, туох эрэ көхсө күрдүргүүр эбит. Аны адьырҕа буолуо диэн сирдиргии, салла санаабыт. Аҕылаан ачыкыта көлөһүннүрбүтүн ырбаахытын тэллэҕинэн соппут, саатын бэлэм туппут. Хабарааҥҥа эрэнэн, адьырҕа даҕаны буоллаҕына киирсэр санаалаах эбит. Хата, кини үөрүөх быатыгар, ойуур быыһынан тайах барыс гыммыт. Уол уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка ытан саайбыт. Тайаҕа мэлис… Уол сыыһа тутуннум дии саныы турдаҕына, тайаҕа эмиэ көстүбүтүгэр ытан ылбыт. Тиийэн тайаҕын астаабыт уонна ытын аһаппыт. Төннөн истэҕинэ, ыта кэлэн эмиэ сонуттан тардыбыт. «Бу ыт туох буолан киһини ыҥырдаҕай» диэн саныы-саныы батыһан тиийэн көрбүтэ, өссө биир тайах сытар эбит. Ол тайаҕы астаан, дьонугар үөрэн-көтөн кэлбит. Хабараан күөл кытыытыгар ыҥаахтаах тыһы тайах турбуттарын эрдэ билэн, сирдээн илдьэ барбыт. Уол маҥнай ийэтин охторбут, онтон оҕотун. Эдэр киһи улахан тыһы тайаҕы ыҥаахтан араарбата сөп. Күһүн ыҥаах ийэтин саҕа буолар, омос көрөн киһи билбэт.
Биирдэ ыттар тыатааҕыны арҕахха үрбүттэр. Ууларыгар-хаардарыгар киирэн, икки уохтаах ыт оҕото дьиэҕэ киирэ-киирэ тахсыбыттар. Адьырҕа арҕах түгэҕэр кырыктаахтык ырдьыгыныыр эбит. Эдэр ыттар уох-кылын бөҕөлөрө буоллахтара, синньигэс бииллэригэр диэри дьиэҕэ киирэн, сүтэ-сүтэ күөрэйбиттэр. Хабараан маҥнай саҥата суох көрөн турбут, онтон ыттары тииһинэн сабырҕахтарыттан ылан, утуу-субуу ыраах элитэлээбит. Бэйэтэ тэйиччи туран, ыксаабакка, өр буола-буола үрэн лоҥкунаппыт. Дьоно эдэр уохтаах ыттары ыспытын көрөн соһуйбуттар, онтон былырыын бэйэтин адьырҕа арҕахха соспутун өйдөөбүттэр. Уруккуну умнубат эбит диэн саллыбыттар. Өссө Хабараан бэҕэһээ үрэҕи куулатынан барбыт буоллаҕына, сарсыныгар үрэх халдьаайытынан барарын сөхпүттэр.
Биирдэ аҕам Уйбаанныын күнү быһа хааман баран киэһэлик үүтээннэригэр төннөн истэхтэринэ, ыттар тайаҕы үрэн баргыйбыттар. Чиккэ Уйбаан: «Дьөгүөр, ыттар баҕар мүччү тутуохтара, онон үрэххэ киирэн тоһуй», – диэбит.
Аҕам хойуутук үүнэр ыарҕаны силэйэ-силэйэ, үрэххэ сүүрэн киирбит. Тыа баһын сатарытан, саалар тыастара тоҕута барбыт. Ону истэн, аҕам «охтордулар» дии санаабыт. Арай төннөн иһэн көрдөҕүнэ, үрэҕи таҥнары уонтан тахса салаа муостаах аарыма буур, харыс уһуннаах соллура биэтэҥнээн, тамайа сиэлэн аҕай иһэр эбит. Аҕам ыарҕа быыһыгар хаптайбыт, саатын бэлэм тутан өндөйбүт. Үрэх халдьаайытын кындаатынан икки сүүсчэкэ хаамыылаах сиринэн ааһан эрэр эбит. Күөнүн көрөн баран, харабыынынан ытан хабылыннарбыт. Буур сүүрбүт уоҕар, хойуоста-хойуоста, охтон түспүт. Хабараан тилэх уопсан кэлэн, омунугар тайаҕы аһары түспүт, онтон сытын сүтэрэн төннүбүт. Тохтуу түһэн баран атын ыттар аҕылаһан кэлбиттэр.
Биирдэ ыттар ойуурдааҕыны үрэн тохтоппуттар. Аҕам аах үһүө буолан сылдьыбыттар. Икки өттүнэн киирбиттэр. Аҕам саатын бэлэм тутан испит. Ычык быыһыгар ыттар үрэллэр, онтон тыатааҕы көстүбэт үһү. Биир түгэҥҥэ күлүкүс гынан хаалбыт уонна дьонун диэки сыҕарыйбыт. Адьырҕа көстөн ааһыытыгар аҕам быыс булан ыппатах.
Сотору дьоно ытыалаан тибиргэппиттэр. Аҕам тиийэн көрбүтэ: хайыы үйэ охторбуттар, тыатааҕы бүтэһик мөхсүүтүн мөхсө сытар эбит. Ыттар бары мөҕүһүннэрбитинэн хатана сылдьаллар. Ыттары кытта аҕам маҥан ытын оҕото көххө ыйааста сылдьарын көрөн үөрбүт.
Үүтээннэрэ ол сиртэн чугас буолан, эдэр уол көтөҕөн илдьиэххэйиҥ диэн этии киллэрбит. Ону саастаах киһилэрэ: «Төбөтүн көтөҕөн көр эрэ», – диэн хардарбыт. Эдэр уол өс киирбэх, тыатааҕы төбөтүн сыһаҕастаан нэһииччэ өндөппүт. Көрдөххө кыра эрээри, ыйааһына лис курдук буолар эбит.
Кыраһа хаар түспүтүн кэннэ Чиккэлээххэ атын булчуттар, төннөн иһэн, таарыйбыттар. Дьиҥэ, ыттаах дьоҥҥо кэлээт даҕаны, ыттарын баайыахтаахтар этэ да, оннук дьаһамматахтар. Ол дьон үчүгэй быһыылаах-таһаалаах бэдэрдьит ыттаахтар эбит. Ол ыт маҥнай биир ыт оҕотун сарылаппыт, онтон иккис баайыллан турар эдэр ыты орулаппыт. Сотору буолаат баайыылаах сытар Хабараан үрдүгэр саба түспүт. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр Хабараан ойон туран күөнүнэн түҥнэри охсон, бэдэрдьит ыты анныгар уктан кэбиспит. Ыт тыа баһын сатарытан, ый-хай бөҕө түһэрбит.
Ыт иччитэ: «Сиэтэ», – диэн кыланаат, мас ылан Хабарааҥҥа ыстаммыт. Онуоха Уйбаан саатын хаба тардыбыт уонна: «Ыппын охсуоҥ кэриэтэ миигин кырбаа», – диэбит. Ыт иччитэ Хабарааны охсон иһэн, ыар-нүһэр саҥаттан түөскэ астарбыттыы, тохтуу түспүт. Чиккэ Уйбаан наҕыл, холку бэйэтэ, ытын көмүскэһэн, хаана быһытталанан, сирэйэ-хараҕа тыйыһырбыта сүрдээх үһү. Бары булчуттар мах бэрдэрэн турбуттар, онтон тыҥааһын күүһэ сөллөн, туос амаларыгар түһэн, уоскуйбуттар. Ыт айаҕын саа уоһунан олуйан нэһииччэ араарбыттар. Анараа булчуттар кэри-куру буолан, үүттэрин тохпут оҕолор курдук дойдулаабыттар. Үтүмэн үгүс сыл ааспытын кэннэ Хабараан туһунан «Байанай» сурунаалга бэчээттэммитэ. Үтүө ыт аата умнуллубат эбит.